Быhаарыы сурук
Үлэ бырагырааммата, үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр оло5уран оҥоhуллунна. Саха тылын үөрэтиигэ федеральнай государственнай уопсай алын сүһүөх үөрэхтээһин стандардын туруорар ирдэбиллэригэр сөп тубэһэр «Төрөөбүт тыл»: 2 кылаас: практикум: икки чаастаах / С.С. Семенова, Н.Н. Васильева, Т.А. Скрябина; [М.Игнатьева, Е.Романова, Д.Олесова, А.Баишев ойуулара]. - Дьокуускай: Бичик. 2015. («Саха оскуолата» систиэмэ).
Учебнига: Төрөөбүт тыл: 2 кылаас: практикум: икки чаастаах / С.С. Семенова, Н.Н. Васильева, Т.А. Скрябина; [М.Игнатьева, Е.Романова, Д.Олесова, А.Баишев ойуулара]. - Дьокуускай: Бичик. 2015. («Саха оскуолата» систиэмэ).
Үөрэх предметин сыала уонна соруга:
Начаалынай оскуола5а төрөөбут тылы үөрэтии предметэ атын үөрэх предметтэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өhүн уонна өйүн-санаатын сайыннарар, үгүс үөрэнэр үөрэ5и иҥэрэр кыа5ынан бас-көс балаhыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үөрэтии таhымыттан саха оскуолатыгар начаалынай үөрэхтээhин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы үгүс оскуола5а ситиhиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах. О5о начаалынай оскуола5а үөрэнэр сааhыгар билиитэ-көрүүтэ, тыла-өhө уонна өйө-санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, төрөөбут тылы бу кэмңэ кичэйэн үөрэтии-норуот чөл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэhилиэстибэни тиэрдэргэ олус суолталаах.
Төрөөбут тылы уопсай үөрэхтээhин алын сүhүөх таhымыгар үөрэтии сыалын үс хайысхата:
|
1. Үөрэнээччи төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сор5отун быһыытынан иҥэрии, тыл үөрэ5ин үгүс балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно оло5уран, о5о көрөр-билэр, толкуйдуур кыа5ын сайыннарыы;
2. Үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэ5ин, саҥа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сор5ото буоларын туһунан өйдөбүлгэ тирэ5ирэн, саҥа (тыл) араас көрүҥэр (кэпсэтии, суруйуу, аа5ыы, өйтөн айыы, о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;
3. Үөрэнээччи төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээ5ин өйдөтүү.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуола5а үөрэтии сыала маннык үгүс соруктары быһаардахха ситиһиллэр:
• дьону-сэргэни кытта бодоруһар саҥа (тыл) үгүс көрүҥнэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии;
• тыл (саҥа) – бодоруһуу үгүс ньымата диэн тутаах ирдэбилгэ тирэ5ирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөруйэ5ин сааһыгар сөп тубэһиннэрэн сайыннарыы;
• тыл үөрэ5ин билиитигэр, сурук-бичик култууратын төрүт өйдөбүллэригэр оло5уран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуорматын тутуһарын, ал5аһа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиһии;
|
• тыл үөрэ5ин үгүс салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иҥэриигэ тирэ5ирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы, сааһыгар сөп тубэһиннэрэн өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;
• төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы үгүс ньымаларыгар үөрэтии.
Начаалынай кылааска саха тылын үөрэтии о5о5о ытык өйдөбүлү иҥэриигэ улахан суолталаах. Киһи аймах үйэлэртэн үйэлэргэ өрө тутан илдьэ кэлбит ытык өйдөбүл төрөөбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сөнөллөр. Ол курдук үөрэтии ис хоһоонугар тыл үөрэ5ин үгүс хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии тиэмэтин, үөрэтии матырыйаалын быһыытынан төрөөбүт дойду, ийэ дойду, төрөөбүт тыл, айыл5а, ийэ, төрүт дьарык, ыал, дьиэ-кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, көҥүл, кырдьык, киһи-аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култуураларын эгэлгэтин курдук ытык өйдөбүллэр киириэхтээхтэр.
Үөрэх былааныгар «Төрөөбүт тыл» биридимиэтин үөрэтиигэ 2 кылааска 102 ч бэриллэр, бырааһынньык күннэригэр тубэһэннэр (23.02.19) 101 ч былааннанар, ол иһигэр 3 чиэппэрдээ5и хонтуруолунай үлэ, 1 сылы түмүктүүр хонтуруолунай үлэ. Сэргэ-Бэс оскуолатын үөрэ5ин былааныгар эбиһээтинэй чааһыгар киирбит биридимиэт.
Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
|
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ:
(личностные результаты)
Саха тылын оскуола5а үөрэтии кэмигэр о5о маннык ытык өйдөбүллэри иҥэриннэ5инэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыа5ын толору туһанарыгар эрэниэххэ сеп:
Төрөөбүт тыл - омугу сомо5олуур тыл буоларын өйдөтүү;
Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литература5а сөҥмүтүн билэр;
Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэ5э тириэрдэр ытык иэстээ5ин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллаа5ын өйдөтүү;
Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэ5эйэр;
Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдөтүү.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:
(метапредметные результаты)
Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох ханнык түмүккэ кэлиэхтээ5ин арааран өйдөтүү. Сылга бииртэн итэ5эһэ суох төрөөбүт тылга аналлаах бырайыактарга кыттан үлэлиир. «Тылы сэрэйэр» дьо5уру сайыннарыы. Бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр. Итэ5эһин, ал5аһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
Тылын сайыннарар ба5аны үөскэтии. Төрөөбүт тылын бар5а баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыа5ын толору туһанарга, тылын-өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ санаатын өрүү кэтэнэр, ал5аһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыһаллар.
Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл.
Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир.
Билиини-көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан туһааннаах имформацияны, билиини дөбөҥнүк булар, бэлиэтэнэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туһанар. Сахалыы тахсар о5о5о аналлаах республика, улуус, оскуола хаһыаттарын-сурунаалларын тиһигин быспакка аа5ар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-көрөр, үөрэ5эр, чинчийэр, айар үлэтигэр көдьүүстээхтик туһанар. Сахалыы үөрэ5и сайыннарар интернет-сайтартан туһалаах, наадалаах информацияны булан, сөпкө наардаан туһанар; тиэкиһи компьютерга сахалыы шрибинэн бэйэтэ тэтимнээхтик бэчээттиир; интернет нөҥүө сахалыы ыытыллар араас тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тыл литературнай нуорматын туһанан, көхтөөхтүк кыттар.
Билиини сааһылааһын. Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэ5ирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир.
Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Төрөөбүт тыл оскуола5а о5ону сайыннарар үөрэх тутаах салааларыттан биирдэстэрэ. Онон үөрэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэтэргэ төрүт буолар өй үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр. Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэ5ирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэ5эстик толорор: тэҥнээһин, ырытыы, холбооһун, түмүктээһин, ханыылатан сааһылааһын, майгыннатыы, сааһылаан ситимнээһин. Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы табыгастаахтык туһанан дьону итэ5этэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үөрүйэ5э сайдар.
Рефлекция. Сыалы-соругу ситиьэр ньымаларын усулуобуйаларын теье сепке талбытын сыаналыыр. Улэ хаамыытын хайдах салайан иьэрин кэтээн керер. Улэ тумугун дьон интэриэьин, бол5омтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туьанар уеруйэхтэр. Дор5оон, тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туьанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэ5ирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиьи айар. Этиини, тиэкиьи кеннерерге анал корректорскай бэлиэлэри сатаан туьанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ модель, диаграмма кеметунэн кердерер. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан, диаграмманан кердеруллубут лингвистическэй билиини ейдуур уонна кэпсиир.
Бодоруьар сатабыл
Бииргэ улэлииргэ уеруйэх. Дьону кытта бииргэ алтыьан уерэнэр, улэлиир араас ньыманы баьылыыр. Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыьыы туругар кэбэ5эстик киирэр, биир соруктаах-сыаллаах дьонун кытта таьаарыылаахтык, кедьуустээхтик улэлиир уеруйэхтэнэр.
Кэпсэтэр уеруйэх. Кэпсэтии уратыларын ейдеен, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киьитин убаастыыр, сэнээрэр, санаатын бол5ойон иитэр, ылынар. Ханнык ба5арар эйгэ5э кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонур5атар, ке5улуур сатабылы табан туьанар. Кэпсэтэр кэмнэ бэйэ кербутун-истибитин, аахпытын сиьилии сэьэргиир. Дьон ейдеспет, тыл тылга киирсибэт буолар теруеттэрин септеехтук сыаналыыр. Сатаан ырытар, ейдеьуу суолун дебеннук тобулар.
Кэпсэтии сиэрин тутуьар уеруйэх. Дьону кытта алтыьыыга кэпсэтии сиэрин тутуьар, туттан-хаптан бодруьуу ньымаларын то5оостоохтук туттар.
Сахалыы дорооболоьор, билсиьэр, быраьаайдаьар, кердеьер, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. уеруйэхтэри инэриммит, инньики оло5ор еруу туттар.
Тустаах уерэх предметин уерэтии тумугэ
Саха тылын литературнай нуорматын тутуьар. Дор5оону, буукубаны, тыл ситимин, сана чааьын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быьаарар, наардыыр.
Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуьар.
Тиэкис ейдебулун, бэлиэтин билэр.
Саныыр санаатын сааьылаан, дьонно ейденумтуетук, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун тутуьан суруйары сатыыр.
Тиэкис тииптэрин сэьэргээьин, ойуулааьын, тойоннооьун диэн араарар. Монолог уонна диалог арааьын сатаан туьанар.
Бэйэ санаатын сатаан хонтуруолланар, тиэкиьин ис хоьоонун, тылын-еьун сыаналанар, ал5астарын булар, чочуйар, тупсарар.