Начаалынай оскуола5а тереебут тылы уерэтии уопсай уерэхтээьин систиэмэтигэр саха тылын уерэтэр предмет быстыспат сор5ото, «Филология» уерэх уобалаьыгар терут буолар сурун куурус буолар. Онон уерэтии сыала-соруга, тутула, ис хоьооно уонна тумук ирдэбилэ урдук кылаастарга тереебут тылы сэргэ атын филологическай предметтэри уерэтиини кытта алтыьыннаран-ситимнээн торумнанар.
Тереебут тылы начаалынай оскуола5а уерэтии ис хоьоонун сурун хайысхалара уерэтии сурун ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиьэргэ аналлаах тутаах научнай балаьыанньалартан таныллар. Ити ирдэбилгэ оло5уран, тереебут тылы уерэтии ис хоьоонугар маннык сурун научнай хайысхалар киирэллэр:
· Сана керунэ: истии, санарыы, аа5ыы, суруйуу.
· Тыл уерэ5ин тутаах салааларын туьунан уопсай ейдебул: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
· Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
· Ситимнээх сананы сайыннарыы.
Сурун хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоьоонноро начаалынай оскуола уерэнээччитин сааьын уратытын, ейун-санаатын кыа5ын, билэр-керер дьо5урун учуоттаан таныллыахтаах.
Сана керунэ: истии, санарыы, аа5ыы, суруйуу.
Истии. Дьону кытта бодоруьууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуьуу.
Кэпсэтии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын, кэпсэтии ис хоьоонун ейдееьун. Сахалыы араас тиэкиьи истии, сурун ис хоьоонун, бол5ойуллуохтаах тугэннэрин истэн сиьилии ылыныы, истибиккэ оло5уран тус санааны уескэтии. Истибиттэн туьааннаа5ы, суолталаа5ы сурунуу, былаан оноруу, анал бэлиэлэри туьанан, ис хоьоонун, тутулун, исхиэмэнэн кердеруу.
Аа5ыы. Сахалыы араас тиэкиьи сахалыы сана интонациятын, терут дор5оон этиллиитин тутуьан, тэтимнээхтик аа5ыы. Тиэкиьи туох сыаллаах-соруктаах аа5артан керен, аа5ыы араас керунун туьаныы (уерэтэр аа5ыы, билсиьэр аа5ыы, сорудахтаах аа5ыы, о.д.а.) аа5ыы кэмигэр тиэкис сурун санаатын ейдееьун, наадалаах, туьалаах информацияны араарыы. Аахпыт тиэкис сурун ис хоьоонугар тус сыанабылы (сыьыаны) сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомо5о домо5у, туелбэ тылы, ойуулуур дьуьуннуур ньыманы туттуу бастын холобурун булуу, анаан бол5ойуу, аахпыты кэпсииргэ туьаныы. Аа5ыллар тиэкистэн билбэт, ейдеебет сана тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этии арааьын хайдах туьаммытын быьаарыы. Аа5ыыга тиэкис интонациятын, туонун сурун санаа5а сеп тубэьиннэрэн таба тайаныы.
|
Санарыы (дор5оонноох сана). Кэпсэтии сиэрин, санарыы култууратын тутуьуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Кэпсэтиини то5оостоохтук ке5улээьин, са5алааьын, сал5ааьын, тумуктээьин. Саныыр санааны толору, сиьилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар-соругар, ис хоьоонугар сеп тубэьэр сахалыы тылы-еьу, ойуулуур дьуьуннуур ньымалары таба туьаныы. Санарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин (невербальное общение) то5оостоохтук туттуу. Сана тиибин арааьын (ойуулааьын, сэргээьин, тойоннооьун) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии тугэниттэн дор5оону кууьурдэн-сымнатан, урдэтэн-намтатан, уьатан, куолас толбонун, эгэлгэтин туьанан истээччигэ тус сыьыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааьылаары эбэтэр тустаах ейдебулу истээччигэ тоьо5олоон тиэрдээри то5оостоох миэстэ5э анал тохтобуллары (паузаны) сатаан туьаныы. Тугэниттэн керен, санарыы тэтимин сепке талыы.
|
Суруйуу (суругунан сана). Сурук-бичик култууратын тутуьуу. Тупса5ай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиьи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиьилии тириэрдии. Аахпыттан суруйуу (изложение). Дьиэ кэргэн, чугас до5ор, таптыыр дьарык, айыл5а, кыыллар тустарынан, ону таьынан айымньы, хартыына, киинэ ис хоьоону, экскурсия5а, быыстапка5а сырыы туьунан тэттик тиэкистэри суруйуу (ейтен суруйуу). Суругунан улэ5э синоним тыллары, сомо5о домо5у, онтон да атын сахалыы ойуулуур -дьуьуннуур ньымалары туттуу. Тиэкис тутулун сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуьуу.
Тыл уерэ5э.
Тереебут тылбыт – саха тыла. Саха омук уескээбит сайдыбыт историята. Саха тыла – туур тыла. Саха тылын уруулуу тыллара. Тереебут тыл киьи оло5ор суолтата.
Дор5оон уонна таба санарыы. Сана дор5оонун ейдееьун, сахалыы дор5оон арааьын билии. Тереебут тылын дор5ооннорун, ордук чуолаан ураты дор5ооннору (уьун, кылгас аьа5ас уонна хоьуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаьар, араас дор5ооннору, дифтоннары, мурун) арааран истии, чуолкайдык таба санарыы, нуорматын тутуьан санарыы. Саха тылыгар киирии тыллары уксун сахатытан, аьа5ас дор5оон дьуерэлэьиилэрин сокуонун тутуьан санарыы. Тыл дор5оонун састаабынан ырытыы.
Графика. Сурук сайдыытын бэлиэ тугэннэрин билсии, киьи оло5ун суолтатын ейдееьун. Сахалыы сурук-бичик историятын билии. Дор5оон буукубаларын билии, таба ааттааьын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри ейдетуу сепке туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогынан улэлииргэ алпаабыты сепке туьаныы. Компьютерга сахалыы шрибинэн тиэкиьи тэтимнээхтик бэчээттээн суруйуу.
|
Морфология. Тыл састааба диэн ейдебулу, тыл уларыйар уонна уескуур ньыматын билии. Сана чааьын туьунан уопсай ейдебулу билии. Саца чаастарын бэлэгэ: ааттар (аат тыл, дагааьын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар, сыьыат, кэмэ тыллар, саца аллайыы. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олого, сыьыарыыта). Тыллары сурун бэлиэлэринэн грамматическай халыыптарынан белехтееьун, ырытыы. Санарар сана5а тыл литературнай нуорматын тутуьуу.
Синтаксис. Этии тутаах уонна ойогос чилиэннэрэ. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, этии биир уустаах чилиэннэрэ, диалог, полилог, туьулуу ейдебуллэрин билии, этиигэ тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааьын.
Сурук-бичик култуурата.
Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култууратын ейдееьун. Уьун аьа5ас дор5ооннору, дифтону, хоьуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаьар дор5ооннору, саха тылыгар киирии дор5ооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл терут сокуоннарыттан тахсалларын норуокка уерэтии. Угэс буолбут нуормаларыгар оло5уралларын ейдееьун, харыстабыллаахтык сыьыаннаьыы. Киэнник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этиллэр табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыьыарыыларын таба суруйуу.
Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ – тыл култуурата сор5ото буоларын, киьи этэр санатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйээни сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-кестер туьалаа5ын, тиэкис ар5ам-тар5ам барбатын, ыьыллыбатын, биир сомо5о, сибээстээх буоларын хааччыйарын ейдееьун. Тылын ордук тупса5ай тутуллаах, этигэн бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааьын сатабыллаахтык туттуу.
Ситимнээх сананы сайыннарыы. Туох сыаллаах-соруктаах санарарын, суруйарын чуолкай ейдеен (тиэмэ, сурун санаа), дьон ейугэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааьылаан, араас тиэкистэри холкутук санарыы - суруйуу. Тиэкис сурун санаатыгар оло5уран, тиэкиьи таба ааттааьын. Тиэкис тиибиттэн керен тиэкис тутулун тутуьар, былаанын онорор, кэрчик тиэмэлэргэ бытарытар. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан сахалыы тутуллаах этиилэри ойуулуур-дьуьуннуур ньымалары, тыл баайын сепке туттар.
2 кылаас «Төрөөбүт тыл» биридимиэт халандаарнай - тематическай былаана
№ | Уруок тиэмэтэ | Уруок ыытыллар чааьа | Кунэ | |||
Былаанынан | Ыытыллыбыта | |||||
1 чиэппэр | ||||||
1. Төрөөбүт тылбыт – саха тыла | ||||||
Тэрээбут тылбыт-саха тыла | 1ч | 1.09 | ||||
БодороЬуу | 1ч | 3.09 | ||||
Утуэ майгы | 1ч | 4.09 | ||||
Кэпсэтии сиэрэ | 1ч | 8.09 | ||||
Сирэйи туттуу, хамсаныы бэлиэтэ, туттуу-хаптыы | 1ч | 10.09 | ||||
Туттуу-хаптыы | 1ч | 11.09 | ||||
Сацарыы, истии | 1ч | 15.09 | ||||
Аа5ыы, суруйуу | 1ч | 17.09 | ||||
Уруокка бодороЬуу | 1ч | 18.09 | ||||
Пааранан улэ | 1ч | 22.09 | ||||
Бэлэ5унэн улэ | 1ч | 24.09 | ||||
Бэлэх салайааччыта | 1ч | 25.09 | ||||
Хатылааьын | 1ч | 29.09 | ||||
Бэрибиэркэлиир улэ | 1ч | 1.10 | ||||
2. Дор5оон уонна буукуба | ||||||
Дор5оон уэскээьинэ | 1ч | 2.10 | ||||
Тэрут дор5оон | 1ч | 6.10 | ||||
АЬагас доргоон | 1ч | 8.10 | ||||
АЬагас дор5ооно хайдах наарданарый? | 1ч | 9.10 | ||||
АЬагас доргоон дьуэрэлэЬиитэ | 1ч | 13.10 | ||||
Кылгас аЬагас доргоон солбуйсуута | 1ч | 15.10 | ||||
ХатылааЬын, чицэтии | 1ч | 16.10 | ||||
Кылгас уонна уЬун аЬагас дор5оон солбуйсуута | 1ч | 20.10 | ||||
Хонтуруолунай улэ | 1ч | 22.10 | ||||
Киирии тыллары таба сацарыы уонна суруйуу | 1ч | 23.10 | ||||
Сыыьаны кэннэруугэ улэ | 1ч | 27.10 | ||||
2 чиэппэр | ||||||
Бутэй дор5оон | 1ч | 5.11 | ||||
Бутэй дор5оон хайдах наарданарый? | 1ч | 6.11 | ||||
Бутэй дор5оон маарыннаьыыта | 1ч | 10.11 | ||||
Бутэй дор5оон маарыннаьыыта | 1ч | 12.11 | ||||
ХоЬуласпыт бутэй дор5ооннор | 1ч | 13.11 | ||||
ХоЬуласпыт бутэй дор5ооннор | 1ч | 17.11 | ||||
Сэргэстэспит бутэй дор5ооннор | 1ч | 19.11 | ||||
Киирии тыллар бутэй дор5ооннорун сэргэстэьиилэрэ | 1ч | 20.11 | ||||
Сэрэтиилээх диктант | 1ч | 24.11 | ||||
Сыыьаны кэннэруугэ улэ | 1ч | 26.11 | ||||
Тыл суЬуэ5э | 1ч | 27.11 | ||||
ХатылааЬын | 1ч | 1.12 | ||||
СитиЬиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 1ч | 3.12 | ||||
3. Тиэкис | ||||||
Тиэкис диэн тугуй? | 1ч | 4.12 | ||||
Тиэкис сурун санаата диэн тугуй? | 1ч | 8.12 | ||||
ХатылааЬын | 1ч | 10.12 | ||||
СитиЬиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 1ч | 11.12 | ||||
Толору изложение | 1ч | 15.12 | ||||
4. Этии | ||||||
Этии диэн тугуй? | 1ч | 17.12 | ||||
Этии тутаах чилиэннэрэ | 1ч | 18.12 | ||||
Этии ойо5ос чилиэннэрэ | 1ч | 22.12 | ||||
Хонтуруолунай улэ | 1ч | 24.12 | ||||
Этии биир уустаах чилиэннэрэ | 1ч | 25.12 | ||||
3 чиэппэр | ||||||
Этии биир уустаах чилиэннэрэ | 1ч | 14.01 | ||||
ТуЬулуу | 1ч | 15.01 | ||||
Диалог уонна полилог | 1ч | 19.01 | ||||
ХатылааЬын | 1ч | 21.01 | ||||
СитиЬиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 1ч | 22.01 | ||||
Урут уэрэппити хатылааЬын | 1ч | 26.01 | ||||
Диктант | 1ч | 28.01 | ||||
5. Тыл састааба | ||||||
Тыл састааба | 1ч | 29.01 | ||||
Тыл тэрут оло5ун уонна уэскээбит сыЬыарыытын араарыы | 1ч | 2.02 | ||||
Тылы уэскэтии | 1ч | 4.02 | ||||
Тэрээбут тылбыт уларыйар кистэлэцэ | 1ч | 5.02 | ||||
Тыл оло5ун уонна уларыйар сыЬыарыытын араарыы | 1ч | 9.02 | ||||
ХатылааЬын | 1ч | 11.02 | ||||
СитиЬиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 1ч | 12.02 | ||||
Тылынан диктант | 1ч | 16.02 | ||||
6. Саца чаастара | ||||||
Саца чааЬа | 1ч | 18.02 | ||||
Тылга ыйытыыны сэпкэ туруоруу | 1ч | 19.02 | ||||
Аат тыл | 1ч | 25.02 | ||||
Анал уонна уопсай аат тыл | 1ч | 26.02 | ||||
Ахсаан аат | 1ч | 2.03 | ||||
Да5ааЬын аат | 1ч | 4.03 | ||||
Солбуйар аат | 1ч | 5.03 | ||||
Солбуйар аат | 1ч | 9.03 | ||||
ХатылааЬын | 1ч | 11.03 | ||||
СитиЬиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 1ч | 12.03 | ||||
Саца чаастара: туохтуурдар | 1ч | 16.03 | ||||
Тус туохтуур | 1ч | 18.03 | ||||
Хонтуруолунай улэ | 1ч | 19.03 | ||||
Аат туохтуур | 1ч | 23.03 | ||||
4 чиэппэр | ||||||
СыЬыат туохтуур | 1ч | 1.04 | ||||
ХатылааЬын | 1ч | 2.04 | ||||
СитиЬиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 1ч | 6.04 | ||||
Туохтуурга хонтуруолунай улэ | 1ч | 8.04 | ||||
Сыьыат | 1ч | 9.04 | ||||
Сыьыат | 1ч | 13.04 | ||||
Кэмэ тыллар | 1ч | 15.04 | ||||
Саца аллайыы | 1ч | 16.04 | ||||
ХатылааЬын | 1ч | 20.04 | ||||
СитиЬиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 1ч | 22.04 | ||||
Грамматическай сорудахтаах изложение | 1ч | 23.04 | ||||
Сыыьаны кэннэрэр улэ | 1ч | 27.04 | ||||
7. Тыл суолтата | ||||||
Тылы билии – айан суруйуу кистэлэцэ | 1ч | 29.04 | ||||
Тыл этиллиитэ | 1ч | 30.04 | ||||
Тыл суолтата | 1ч | 4.05 | ||||
Тыл суолтатын быЬаарыы | 1ч | 6.05 | ||||
Эбугэбит иьитэ-хомуоьа, дьиэ иьинээ5и тэрилэ | 1ч | 7.05 | ||||
Билбэт тылбыт суолтатын быЬаарыы | 1ч | 11.05 | ||||
Эйдэбулу ааттыыр тыл суолтата | 1ч | 13.05 | ||||
Айыл5а кэстуутун ааттыыр тыл суолтата | 1ч | 14.05 | ||||
ХайааЬыны ааттыыр тыл суолтата | 1ч | 18.05 | ||||
ХатылааЬын | 1ч | 20.05 | ||||
СитиЬиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 1ч | 21.05 | ||||
Хонтуруолунай диктант | 1ч | 25.05 | ||||
2 кылаас «Төрөөбүт тыл» биридимиэтин УМК хааччыйыы
1. С.С. Семенова, Н.Н. Васильева, Т.А. Скрябина «Тэрээбут тыл» 2 кылаас. Икки чаастаа.
2. А.А. Семенова, Н.Е. Хаптасова Алын кылаастарга диктант, изложение хомуурунньуга.